«Зима 2025»

Урок по окружающему миру "Айыл5а до5оро буол"

открытый урок по окружающему миру"Айыл5а до5оро буол", проведенный во 2 классе

Олимпиады: Литературное чтение 1 - 4 классы

Содержимое разработки


МБОУ Сулгачинская средняя общеобразовательная школа им. И.И.Константинова-ДэлэгээтУйбаан
















Окружающий мир

«Будь природе другом!»

2 класс









Борисова Ульяна Семеновна

Сулгачинская СОШ

учитель начальных классов

Стаж-19 лет

Категория-высшая




Уруок тиэмэтэ «Айылҕа доҕоро буол!»

Уруок тиибэ: Сана тиэмэни үөрэтии

Технология: Системно-деятельностный подход, сайыннарыылаах үөрэх

Уруок сыала:

  1. Айылҕаҕа доҕордуу сыһыан, «Кыһыл кинигэ» туһунан билиһиннэрии, билиилэрин хаҥатыы. Киһи олоҕор айылҕа суолтатын быһаарыы, быстыспат ситимнээхтэрин өйдөтүү, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыыга үөрэтии.

Уруок соруктара:

  1. Айылҕаҕа сылдьыы быраабылаларын билиһиннэрии

  2. Үөрэнээччи билэр- көрөр баҕатын сайыннарыы

  3. «Кыһыл кинигэ» туһунан өйдөбүлү чиҥэтии

  4. Тыл баайын хаҥатыы

  5. Үөрэнээччи ырытар, санаатын этэр, бэриллибит түгэннэргэ тус сыанабылын биэрэр, бодоруһар, тэҥнээн көрөр, түмүк оҥорор, болҕомтолоох буолар сатабылларын сайыннарыы

  6. Ийэ айылҕаҕа, харыстанар хамсыыр – харамайдарга, үүнээйилэргэ харыстабыллаах сыһыаны иитии

  7. Үөрэнээччилэри проектнай үлэҕэ сыһыарыы


УУД:

1. Познавательнай:

- саҥарар үөрүйэх

- ситимнээн саҥарыы

-толору этиинэн саҥаралларын ситиһии

- болҕойон истэр үөрүйэх

- ааҕар үөрүйэх

-тус санаатын этэр дьоҕуру сайыннарыы

- логическай толкуйу сайыннарыы

- санаа үллэстэргэ эрчиллэр

- саҥарар үөрүйэх

2. Регулятивнай:

- бэйэни салайынар – дьаһанар үөрүйэх

- түмүк оҥорор сатабыл сайдыыта

- уруоктан тугу билэн тахсыахтааҕын толкуйдуур

- Тэринии. Үөрэх дьарыгын, сорудаҕы толоруу, үөрэх хаамыытын истэн тэринэр

- бэйэни салайынар – дьаһанар үөрүйэх

- түмүк оҥорор сатабыл сайдыыта

3. Коммуникативнай:

- уопсай кэпсэтиигэ кыттыһыы

- проблеманы бииргэ быһаарыы

-бодоруһар үөрүйэх

4. Личностнай:

- бэйэ эппиэтин, толкуйун сааһылаан этии

- үөрэппит, истибит билиилэригэр олоҕуран сөптөөх эппиэти биэрии

- бэйэ эппиэтин, толкуйун сааһылаан этии

- тус санааны, сыһыаны сайыннарар үөрүйэх

- Тэринии. Үөрэх дьарыгын, сорудаҕы толоруу, үөрэх хаамыытын истэн тэринии

Туттуллубут методтар – тылынан: быьаарыы, кэпсээьин, иһитиннэрии.

- көрдөрөр: презентация, энциклопедиялар

- практическай: араас сорудахтаах карточкалар



Опережающай ньыманан 3 үөрэнээччигэ Сардаана сибэкки, Уруҥ эһэ уонна Оруосабай хопто туһунан матырыйаал булан бэлэмнэнэн кэлэллэригэр сорудах бэриллибитэ.




























Уруок этаба

Учуутал үлэтэ

Үөрэнээччи үлэтэ

Үөрэх дэгиттэр үөрүйэхтэрин сайыннарыы (УУД)

  1. Организационный момент. Создание проблемной ситуации - 2 мин.

Билиини арыйыы, проблемнай ситуацияны оҥоруу – 2 мүн

Учуутал дуоскаҕа айылҕа көстүүтүн араас хаартыскаларын ыйыыр.

  • Уруокпутун саҕалыахпыт иннинэ, мин эһиэхэ хаартыскалары көрдөрүөхпун баҕарабын. Онтон эһиги көрө олорон толкуйдаан, уруокпутугар туох туһунан кэпсэтэр эбиппитий, уруокпут тиэмэтэ туох туһунан буоларый?


Хаартыскалары көрөн уруок тиэмэтин быһаараллар.

Познавательнай УУД

-Билэр – көрөр үөрүйэҕи сайыннарыы



  1. Актуализация знаний - 7 мин

Билиини арыйыы-7 мүн



























































































Опережающай технологиянан сорудах



  • Айыл5а икки көрүҥҥэ арахсарын билэбит.

  • Ханныктарый?

Учуутал дуоскаҕа схеманы ыйыыр

АЙЫЛҔА

Тыыннаах Тыыммат


  • Хас биирдии көрүҥҥэ холобурдары этитэлээҥ.

  • Тыыннаах айылҕа - кини хайдаҕый?

Учуутал дуоскаҕа тыыннаах айылҕа хартыыналарын сыһыарар. (тигээйи, аһыҥа, хомурдуос, сордоҥ, сыалыһар, таба, зубр, куба, мэкчиргэ, хараҥаччы, барабыай, сибэккилэр, мастар)

  • Дьэ, көрүҥ эрэ, хайдахтаах курдук биһиги тыыннаах айылҕабыт кэрэний!

  • Ааспыт уруокка биһиги туох туһунан кэпсэппиппитий?

  • Туох куттала тыыннаах айылҕабытыгар – кинилэр харамайдарыгар, үүнээйилэригэр үөскүүрүй?

  • Этиҥ эрэ, оҕолор, тоҕо сорох үүнээйилэр уонна харамайдар сүтэллэрий? Ким онно буруйдааҕый?

  • Кини тугу гынарый?

  • Ардыгар дьоннор айылҕаҕа буортуну оҥороллорун, кинини алдьаталларын өйдөөбөттөр. Ол түмүгэр айылҕа кэхтэр, кини үүнээйилэрэ, олохтоохторо ыалдьаллар, өлөллөр, сир үрдүттэн сүтэллэр. Киһи айылҕа хаһан даҕаны сүтүө, өлүө суоҕа дии саныыр эбит, ол иһин харыстаабакка араас сибэккилэри, оттору үргээн, кыыллары – көтөрдөрү өлөртөөн испиттэр. Биирдэ өйдөөбүттэрэ элбэх айылҕа харамайдара сүппүттэр, арааһынай үүнээйилэрэ үүммэт буолбуттар. Ол иһин Аан дойду биллиилээх учёнайдара, үөрэхтээхтэрэ айылҕаны харыстыыр сыалтан мустаннар «Кыһыл кинигэни» оҥорбуттар. Бу кинигэҕэ сир үрдүттэн сүтэн эрэр, харыстанар үүнээйилэри, үөннэри, көтөрдөрү уонна кыыллары киллэрбиттэр.

  • Кыһыл кинигэбит хайдах дьүһүннээх страницалардаах этэй?

  • Кыһыл өҥ - куттал бэлиэтэ. Кини биһиэхэ көмөлөһүҥ, биһигини харыстаан диэн ыҥырар. Бу кинигэ страницалара араас өҥнөөх буолаллар эбит:

Кыһыл страницаҕа сүтэллэрэ чугаһаабыт үүнээйилэри, үөннэри, көтөрдөрү, кыыллары киллэрбиттэр. Киһи көмөлөспөтөҕүнэ кинилэр бары сир үрдүттэн сүтэр кыахтаахтар.

Араҕас страницаҕа ахсааннара аҕыйаабыт хамсыыр – харамайдары киллэрбиттэр.

Маҥан страницаҕа сэдэх, биирдэ эмит көстөр үүнээйилэри, үөннэри, көтөрдөрү уонна кыыллары киллэрбиттэр.

Сиэрэй страницаҕа ахсааннара ситэ үөрэтиллэ илик кыыллары киллэрбиттэр.

Күөх страницаҕа киһи бэйэтэ көмөлөһөн тыыннаах хаалларбыт харамайдара киирбиттэр.

Онтон хара страницаҕа киллэриллибиттэр сир үрдүттэн сүппүт харамайдар. Биһиги кинилэри уруһуйга эрэ көрүөхпүтүн сөп, эбэтэр биир эмит музейга чуучулалара баар буолуон сеп.

  • Этиҥ эрэ, оҕолор, биһиги дойдубутугар, Саха сиригэр Кыһыл кинигэҕэ киирбит үүнээйилэр, көтөрдөр уонна кыыллар бааллара буолуо дуо?

Биһиги дойдубутугар, Саха сиригэр Кыһыл кинигэ эмиэ баар. Манна киллэрбиттэр харыстанар 112 айылҕа харамайдарын. Ол иһигэр харыстанар үөн – көйүүр ахсаана – 21, балык ахсаана – 6, көтөрдөрүн ахсаана – 68, кыылларын ахсаана – 17. Кыһыл кинигэҕэ кинилэр ханнык сиргэ олохсуйалларын, төрүүллэрин – уһуулларын, тугунан аһылыктаналларын, ахсаана төһө хаалбытын туһунан эмиэ суруйаллар.

Билигин оҕолор, Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр ханнык харамайдары киллэрбиттэрин сорохторун кытта билсиһиэхпит. Үчүгэйдик болҕойон истиҥ, ханнык харамайдары харыстыахтаах эбиппитий.

Слайд №1 – Манна биһиги көрөбүт Кыһыл кинигэҕэ киллэриллибит кыыллары. Бу таба уонна чубуку.Таба сурун аһылыга – муох, күһүн тэллэй сиир. Хоту дойду олохтоохторугар таба улахан туһалаах, табаны көлүнэллэр. Этин сииллэр, тириитинэн таҥас тигэллэр. Чубуку Дьааҥы уонна Индигиир хайалаах сирдэригэр үөскүүр. Сиэмэх кыыллартан үрдүк тааска куотан тахсан саһар. Чубуку 13-18 сыл олорор, 2-3 оҕолонор эбит.

Слайд № 2 – Манна көрөбүт Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр киллэриллибит, ахсаана аҕыйаабыт Хатыыс балыгы. Ыйааһына 40 киилэҕэ дылы тиийиэн сөп. Кыра кээмэйдээх уу харамайа аһылыктаах. Бытааннык сайдар буолан өр олорор.

Слайд № 3 – Бу биһиги бары билэр көтөрбүт – Кыталык. Кыталык элбэх ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут кэрэ көстүүлээх көтөр. Кини үҥкүүтүн көрбүт киһи дьоллоох буолар дииллэр. 2 оҕолонор эбит, оҕолоро олус өстөһөллөр, кырбаһаллар. Түмүгэр хайаан даҕаны биирэ өлөр. Хаалбыт оҕото төрөппүттэрин кытта саас буолуор диэри арахсыбат эбит.

Слайд № 4 – Апполлон диэн лыах эмиэ сүтэн эрэр буолан, Кыһыл кинигэҕэ киллэриллибит. Бу лыах кыната сэрэтэр бэлиэлээх. Көтөрдөр кэлэн саба тутаары гыннахтарына, кынатын кыһыл туочукаларын көрдөрөр уонна атаҕынан кынатын тарбыыр, оччоҕо куттанан кинини тыыппаттар эбит.

Оҕолор,хара страницаҕа хайдах кыыллар киллэриллибиттэр этэй? (Сүппүт кыыллар)

Билигин көрүөҕүҥ эрэ сир үрдүттэн олох суох буолбут сорох харамайдары.

Слайд № 5 – Бу Дронт диэн көтөр. Билигин биһиги маннык көтөрү көрөбүт дуо?

Слайд № 6 – Онтон бу Муора ынаҕа диэн ааттаах уу харамайа.

- Билигин мин аҕыйах оҕоҕо иһитиннэрии бэлэмнэнэн кэлэллэригэр дьиэҕэ сорудах биэрбитим, кинилэри болҕойон истиэҕиҥ

- Нарыйа биһиэхэ кэпсиэҕэ Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр киирбит оруосабай чаайка туһунан.

- Бу олус кыраһыабай көтөрү бултуур, өлөрөр көҥүллэнэр эбит дуо?

- Крюков Саша кэпсиэҕэ үрүҥ эһэ туһунан.

- Саша кэпсээбит үрүҥ эһэтин бултуур эмиэ сатаммат эбит

-Даяна Сардаана сибэкки туһунан кэпсиирин истиэххэйиҥ.

- Даяна кэпсээбит олус кыраһыабай сибэккитин Сардаананы үргүүр, алдьатар көҥүллэммэт, кинини биһиги харыстыахтаахпыт

Ыйытыыга хоруйдууллар.

Тыыннах уонна тыыммат айылҕа

(бэйэ санаатын толору этии,)



Холобурдууллар.

Тыынар, улаатар, аһыыр, элбиир, өлөр





Кыһыл кинигэ

Куттал үөскүүр, сир үрдүттэн сүтүөхтэрин сөп



Киһи алдьатар, өлөрөр, киртитэр....












Кыһыл, араҕас, маҥан,от күөҕэ, сиэрэй, хара





























































Оҕолор иһитиннэриилэрин истии

(бэйэ санаатын толору этии,)(атын үөрэнээччи кэпсиирин истэллэр, сэҥээрэллэр)


Билэр – көрөр үөрүйэҕи сайыннарыы

(Познав.УУД)

- саҥарар үөрүйэх

- ситимнээн саҥараллар

-толору этиинэн санаралларын ситиһии

Коммуникативнай УУД

- уопсай кэпсэтиигэ кыттыһыы

- проблеманы бииргэ быһаарыы

- бэйэ эппиэтин, толкуйун сааһылаан этии

- үөрэппит, истибит билиилэригэр олоҕуран

сөптөөх быһаарыныыны булуу










Коммуникативнай УУД

- уопсай кэпсэтиигэ кыттыһыы

- проблеманы бииргэ быһаарыы

- бэйэ эппиэтин, толкуйун сааһылаан этии

- үөрэппит, истибит билиилэригэр олоҕуран

сөптөөх быһаарыныыны булуу

- бэйэ омугун билинии

















































Опережающай үөрэхтээһин






  1. Определение темы и цели урока2-3мин

Уруок тиэмэтин уонна сыалын быһаарыы-2-3 мүн


Учуутал слайд көрдөрөр.

  • Айылҕаҕа, харамайдарга буортуну оҥорор киһини туох диэн ааттыахха сөбүй?

  • Онтон көмөлөһөр, харыстыыр киһини?

  • Онтон биһиги хайдах дьон буолуохпутуй? Алдьатар дуу эбэтэр доҕор дуу ?

  • Бүгүҥҥү уруокка биһиги туох туһунан кэпсэтэр эбиппитий?

  • Биһиги айылҕа доҕотторо буолан айылҕаҕа хайдах сылдьыахтаахпыт туһунан, айыл5аны хайдах харыстыахтаахпыт уонна ханнык быраабылалары тутуһарбыт туһунан кэпсэтиэхпит.



Алдьатааччы, браконьер, киртитээччи

Доҕор

До5ор


Айылҕаҕа доҕор буолуу туһунан

(оҕолор санааларын этэллэр)

Регулятивнай УУД

-Уруоктан тугу билэн тахсыахтааҕын толкуйдуур

Билэр – көрөр үөрүйэҕи сайыннарыы

(Познав.УУД)

- саҥарар үөрүйэх

- ситимнээн саҥараллар

-толору этиинэн санаралларын ситиһии

  1. Открытие нового знания-5-7 мин

Саҥа билиини арыйыы-5-7 мүн


Учуутал үөрэнэр кинигэнэн үлэни тэрийэр

  • Билигин кинигэбитин 92 сирэйгэ арыйан тоҕо сорох үүнээйи уонна харамай улам-улам аҕыйахта көстөр буолан иһэрин көрүөҕүҥ.

  • Биһиги айылҕа доҕотторо буоларбыт быһыытынан кини быраабылаларын тутуһуохтаахпыт. Ханнык аҕыйах быраабыла холобурдара баарын 93 сирэйгэ көрүөҕүҥ.

Үөрэнэр кинигэнэн үлэ

Билэр – көрөрүөрүйэҕи сайыннарыы

(Познав.УУД)

- саҥарар үөрүйэх

- болҕойон истэр үөрүйэх

- ааҕар үөрүйэх

Регулятивнай УУД

- Тэринии. Үөрэх дьарыгын, сорудаҕы толоруу, үөрэх хаамыытын истэн тэринэр

- бэйэни салайынар – дьаһанар үөрүйэх

  1. Физкультминутка- 3 мин

Сынньалаҥ-3 мүн

Муусуканан сынньаныы



  1. Работа по группам. Первичное закрепление . Отчет групп-10-15 мин

Бөлөҕүнэн үлэ. Бастааҥҥы билиини чиҥэтии. Бөлөхтөр отчуоттара- 10-15 мүн

  • Эһиэхэ уруок саҕаланыыта хас биирдиигитигэр араас өҥнөөх төгүрүктэри иилбитим. Билигин бөлөҕүнэн арахсан үлэлиэхпит, ким хайдах өҥнөөх төгүрүктээҕинэн анал дьүһүннээх суруктаах паартаҕа баран, миэстэлэрбитин булан олордубут.

  • Биһиги үс бөлөххө арахсан үлэлиэхпит:

  1. Кыыллары харыстааһын.

  2. Көтөрдөрү харыстааһын

  3. Үүнээйилэри харыстааһын

  • Хас биирдии группаҕа кэмбиэргэ сорудах биэрэбин. Сорудаҕы ырытыһыыга, толорууга, тахсан үлэҕитин билиһиннэрэргитигэр бэриллэр – 10-15 мүнүүтэ. Үлэлэргитин анал маҥан хортуоҥҥа оҥороҕут, ону кэлин холбоон кыракый альбом оҥорон таһаарыахпыт. Остуолга сытар туттар тэриллэри үлэҕитигэр туһаныаххытын сөп.

Учуутал бөлөхтөргө анал кэмбиэрдээх сорудахтары түҥэтэр.

  1. Кыыллары харыстааһын.

  • Таабырыннары таайыҥ

Мин кыһын хаампаппын,

Мин кыһын утуйабын.......... (эһэ)

Мастан маска ыстанабын,

Эриэхэбин көрдүүбүн......(Тииҥ)

Миигин бары куттас дииллэр

Кыһын маҕан дьүһүннээхпин.....(Куобах)

  • Таайбыт биир кыылгыт туһунан былааны тутуһан кэпсииргэ бэлэмнэнин

  • Дьүһүнэ

  • Ханна сылдьара, олороро

  • Тугунан аһылыктанарый?

  • Тоҕо киһи кинини бултууруй?

  • Тыа кыылларын харыстыыр анал бэлиэтэ урууһуйдааҥ


  1. Көтөрдөрү харыстааһын

  • Таабырыннары таайыҥ

Мин мастан үөннэри ыраастыыбын,

Тук-тук-тук тоҥсуйабын.......(Тоҥсоҕой)

Мин олус кыраһыабай көтөрбүн

Олус үчүгэй куоластаахпын,

Мин үҥкүүбүн көрбүт киһи-ол дьоллоох дииллэр..... (Кыталык)

Мин түүн эрэ көтөбүн

Уп-улахан харахтаахпын,

Мин аһылыгым- кутуйах......(Мэкчиргэ)

  • Таайбыт биир көтөргүт туһунан былааны тутуһан кэпсииргэ бэлэмнэнин

  • Дьүһүнэ

  • Ханна сылдьара, олороро

  • Тугунан аһылыктанарый?

  • Тоҕо киһи кинини бултууруй?

  • Көтөрдөрү харыстыыр анал бэлиэтэ урууһуйдааҥ


  1. Үүнээйилэри харыстааһын

  • Таабырыннары таайыҥ

Миигин Саҥа дьылга эһиги

Үөрэ-көтө киэргэтэҕит,

Мин тула тураҥҥыт

Хороводтаан ыллыыгыт.....(Харыйа)

Мин Амма сирин киэн туттуута буолабын

Саамай кыраһыабай кыһыл сибэккибин.... (Сардаана)

Миигин бары билэҕит

Араҕас сибэккибин

Мин түүбүн тыалга үрэн ыытаҕыт....(Ньээм)

  • Таайбыт биир үүнээйигит туһунан былааны тутуһан кэпсииргэ бэлэмнэнин

  • Тас көстүүтэ, дьүһүнэ

  • Ханна үүнэрий?

  • Тугунан кини биллэрий?

  • Туохха киһи кинини туттарый, үргүүрүй?

  • Үүнээйилэри харыстыыр анал бэлиэтэурууһуйдааҥ

Учуутал хас биирдии бөлөх үлэтин кэрийэн көрөр, сүбэлиир

  • Билигин бөлөхтөр үлэлэрин истиэҕиҥ

Оҕолор бөлөҕүнэн олоруулара.







Бөлөҕүнэн үлэлээһин- мини-проект



























































( санааларын толору этии, атын бөлөх кэпсиирин сэҥээрэн истии)

Бөлөҕүнэн үлэлэри истии

Билэр – көрөр үөрүйэҕи сайыннарыы

(Познав.УУД)

- саҥарар үөрүйэх

- болҕойон истэр үөрүйэх

- ааҕар үөрүйэх

-тус санаатын этэр дьоҕуру сайыннарыы

- логическай толкуйу сайыннарыы

- тус санааны, сыһыаны сайыннарар үөрүйэх

- санаа үллэстэргэ эрчиллэр

Регулятивнай УУД

- Тэринии. Үөрэх дьарыгын, сорудаҕы толоруу, үөрэх хаамыытын истэн тэринэр

- бэйэни салайынар – дьаһанар үөрүйэх














Коммуникативнай УУД

- уопсай кэпсэтиигэ кыттыһыы

- проблеманы бииргэ быһаарыы

- бэйэ эппиэтин, толкуйун сааһылаан этии

- үөрэппит, истибит билиилэригэр олоҕуран

сөптөөх быһаарыныыны булуу




  1. Проверка усвоения знаний-5 мин.

Билиини бэрэбиэркэлээһин- 5 мүн

Учуутал слайд көрдөрөр.

  • Анал хартыыналарынан көрөн айылҕа доҕотторо тутуһар эбии быраабылаларын толкуйдуохпут.

  • Бу оҕолор эһиги санааҕытыгар туох сыыһаны оҥороллоруй?


  • Бу хартыынаҕа ханнык быраабыланы толкуйдуохха сөбүй?


  • Онтон бу оҕолор тугу алҕаһыылларый?


  • Онтон бу хартыынаҕа ханнык быраабыланы толкуйдуохха сөбүй?



  • Бу оҕолор эһиги санааҕытыгар туох сыыһаны оҥороллоруй?



  • Бу хартыынаҕа ханнык быраабыланы толкуйдуохха сөбүй?



  • Маладьыастар. Хас биирдии киһи Ийэ айылҕатын харыстыахтаах, көмөлөһүөхтээх. Куһаҕаны оҥорон айылҕаны алдьатар, киртитэр, харамайдарын өлөрөр буоллахха кини кэхтэр, өлөр. Араас үүнээйилэр уонна харамайдар киһи көмөтүгэр наадыйаллар, онон хас биирдии киһи айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтаах. Кыһыл кинигэҕэ киирбит үүнээйилэри уонна харамайдары харыстыахтаахтаахпыт.




  • Оҕолор кымырдаҕас уйатын алдьата сылдьаллар.

  • Үөн –көйүүр дьиэтин алдьатыма, тыытыма, харыстаа.

  • Айылҕаҕа тахсан аһаан баран ыспыттар-тохпуттар.

  • Айылҕаҕа сылдьан сынньанан баран бэйэн кэннигиттэн ыһыма-тоҕума.

  • Чыычаах уйатын алдьаталлар, оҕолорун тутан ылбыттар.

  • Көтөрдөр уйаларын тыытыма, алдьатыма, оҕолорун өлөрүмэ.

Билэр – көрөр үөрүйэҕи сайыннарыы

(Познав.УУД)

- саҥарар үөрүйэх

- болҕойон истэр үөрүйэх

-тус санаатын этэр дьоҕуру сайыннарыы

- тус санааны, сыһыаны сайыннарар үөрүйэх

- санаа үллэстэргэ эрчиллэр

Регулятивнай УУД

- Тэринии. Үөрэх дьарыгын, сорудаҕы толоруу, үөрэх хаамыытын истэн тэринэр

- бэйэни салайынар – дьаһанар үөрүйэх



  1. Итог урока. Рефлексия- 5 мин

Уруогу түмүктээһин. Рефлексия- 5 мүн


Учуутал эрдэ бэлэмниллибит кинигэлэри көрдөрөр.

  • Оҕолор, мин эһиэхэ кинигэлэри бэлэмнээтим. Бу кинигэлэртэн эһиги эбии ааҕан билиэххитин сөп Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр өссө ханнык үүнээйилэр уонна харамайдар кииллэриллибиттэрин. Маннык кинигэлэри, энциклопедиялары библиотекаттан уларсан ааҕан, өссө элбэҕи билиэххитин сөп. Биһиги кинилэр ааттарын билиэхтээхпит эрэ буолбакка, кинилэри биһиги харыстыахтаахпыт, көмүскүөхтээхпит.

  • Хас биирдии Аан дойду киһитэ айылҕаны харыстыахтаах, айылҕаҕа сылдьыы быраабылатын тутуһуохтаах, оччотугар аан айылҕабыт өссө да уһун кэмнэргэ биһигини бэйэтин кэрэ көстүүтүнэн, араас харамайдарынан үөрдэ-көтүтэ туруоҕа. Айылҕа- биһиги барыбыт дьиэтэ.

  • Уруокпут бүтэн эрэр. Кылгастык уруокпутугар түмүктэ оҥоруоҕуҥ. Тугу биллигит бүгүҥҥү уруоктан?

  • Үөрэтиллибит быраабылаларбытын ханна туттуохпутуй?

  • Айылҕа доҕотторо буоларга бэлэммит дуо?

  • Уруогу сөбүлээтигит дуо?


Учуутал этэрин сэҥээрэн истэллэр












Оҕолор эппиэттэрэ

( иҥэриммит саҥа билиигэ олоҕуран ыйытыыларга хоруйдууллар, түмүк оҥороллор)

Билэр – көрөр үөрүйэҕи сайыннарыы

(Познав.УУД)

- саҥарар үөрүйэх

- болҕойон истэр үөрүйэх

-тус санаатын этэр дьоҕуру сайыннарыы

- тус санааны, сыһыаны сайыннарар үөрүйэх

- санаа үллэстэргэ эрчиллэр


  1. Домашнее задание и рекомендации по его выполнению – 1 мин

  2. Дьиэҕэ үлэни толорууга ыйыы биэрии-1 мүн

Учуутал үлэ тэтэрээтигэр дьиэҕэ үлэни көрдөрөр.

  • Дьиэҕэ үлэ- үлэ тэтэрээтигэр 62 -63 сирэйгэ 1,2,3 сорудахтары толоруу.

  • Аныгыскы уруокка бэйэҕит айан уруһуйдаабыт быраабылаларгытын тэҥнээн көрүөхпүт, сыанабыл биэриэхпит.

Оҕолор дьиэҕэ үлэни сурунуулара

Регулятивнай УУД

- Тэринии. Үөрэх дьарыгын, сорудаҕы толоруу, үөрэх хаамыытын истэн тэринэр

- бэйэни салайынар – дьаһанар үөрүйэх





Получите свидетельство о публикации сразу после загрузки работы



Получите бесплатно свидетельство о публикации сразу после добавления разработки


Серия олимпиад «Зима 2025»



Комплекты учителю



Качественные видеоуроки, тесты и практикумы для вашей удобной работы

Подробнее

Вебинары для учителей



Бесплатное участие и возможность получить свидетельство об участии в вебинаре.


Подробнее