«Зима 2025»

Классный час ''Билии күнэ''

Конспект классного часа ''Билии күнэ'' 1 кылаас

Олимпиады: Литературное чтение 1 - 4 классы

Содержимое разработки

I кылааска Билии күнүгэр аналлаах кылаас чааһа


Винокурова Е.С., алын кылаас учуутала


Ыытыллар күнэ, чааһа: 01.09.2019 сыл.

Сыала: оҕолорго бырааһынньык атмосфератын тэрийии, оскуоланы кытта билиһиннэрии

Соруктара: үөрэххэ мотивацияларын уонна үөрэнэр баҕаларын үөскэтии, бодоруһуу уонна бэйэ бэйэни өйдөһөр культураларын сайыннарыы.

Тэрилэ: Билии күнүгэр аналлаах плакаттар, цветик-семицветик, 5, 3, 1, 7, 9 чыыьылалар карточкалара, ойуулаах карточкалар.

Презентация слайды.

Хаамыыта:

ҕолор кылааска киирэн паарталарга олороллор, төрөппүттэр ыалдьыт быһыытынан киирэллэр/ Оҕолорго күһүн

Саҥа дьылбыт үүнэр,

Оскуолабыт бүгүн

Биһигини күүтэр.

Чугдаар ыллаа чуораан

Аһылынна киэн аан!

Оскуолабыт, дорообо!

Учууталбыт, дорообо!


Үөрэх суолун саҕалыыр

Үөрэнээччи дьоннорбун,

Кинилэр күндү төрөппүттэрин

Балаҕан ыйын бастакы күнүнэн –

Били күнүнэн

Итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин.


Үрдүктэн үрдүккэ дьулуһуҥ,

Үтүөттэн үтүөҕэ талаһыҥ,

Кэрэттэн-кэрэҕэ эрэ тардыһыҥ диэн тураммын

Билии күнүгэр анаммыт кылаас чааһын саҕалыырбытын көҥүллээҥ.


Учуутал: - Наһаа да кыраһыабайдаргыт, мааныларгыт, үөрбүккүт-көппүккүт, көрүөххэ олус үчүгэй. Оҕолор, бүгүн туох бырааһынньыгай?

- Билии күнэ. Бүгүн эһиэхэ олус долгутуулаах, күүтүүлээх уонна умнуллубат күн – эһиги аан бастаан оскуола боруогун атыллаан үөрэнээччи буолбут күҥҥүт. Мантан ыла оскуола - эһиги иккис дьиэҕит буолар.

Мин эҺиги маҥнайгы учууталгыт буолабын, аатым Елена Сергеевна. Бу күнү эһигини кытта көрсүһээри, олус күүттүм, эһиги күүттүгүт дуу? Аны бу күнтэн ыла 4 сылы быһа биһиги үөрэниэхпит, элбэҕи билиэхпит,араас курэхтэргэ кыттыахпыт, оонньуохпут-көрүлүөхпүт даҕаны.

Учуутал: Ким билэрий, оскуолаҕа туохха үөрэтэллэрий? /оҕолор эппиэттэрэ/

- Саамай сөпкө эттигит. Оскуолаҕа эһигини ааҕарга, суруйарга,суоттуурга, уруһуйдуурга, доҕордоһорго, бэйэ бэйэҕитигэр эйэлээхтик сыһыаннаһарга уонна онтон да атын үгүс үчүгэйгэ уонна туһалаахха үөрэтэллэр.

Учуутал: Оттон бу биһиги олорор хоспут туох диэн ааттанарый? /Кылаас/

- Тула өттугүтүн үчүгэйдик өйдөөн көрүҥ эрэ. Кылааспыт ыраас, киэҥ, тупсаҕай. Бу кылааска эһиги 4 сылы быһа үөрэнэ кэлиэххит. Онон кылаастарын ыраастык тутуохтара, малын-салын харыстыахтара диэн биьиги учууталлар уонна төрөппүттэр эһиэхэ эрэнэбит. Кылааска хайдах туттан-хаптан сылдьаргытын үчүгэйдик өйдүүргүт инниттэн билигин «Сөп – сыыһа» диэн оонньууну оонньуохпут. Мин ыйытыылары биэртэлиэм, эһиги болҕомтолоохтук истэн баран сөптөөх хоруйу биэриэхтээххит: «сөп» эбэтэр «сыыһа» диэхтээххит.

- Кылааска кирдээх атахтаах киирэбит дуо? /Суох/

- Илиилэрбитин штораҕа соттобут дуо? /Суох/

- Истиэнэҕэ, паартаҕа суруйабыт дуо? /Суох/

- Ардах кэмигэр уларыттар атах таҥаһын аҕалабыт дуо? өп/

- Перемена кэмигэр охсуһар, этиһэр табыллар дуо? /Суох/

- Уруокка хойутаан кэлэбит дуо? /Суох/

- Үчүгэйдик үөрэнэргэ кыһаллабыт дуо? өп/

Учуутал: Маладьыастар, эһиги бары ыйытыыларга сөптөөх хоруйдары биэрдигит. Аны билигин бастакы кылаас үөрэнээччитин андаҕарын биэриэххит уонна бу андаҕары 4 сылы быһа кэһиэ суохтааххыт. Бастакы кылаас үөрэнээччитин андаҕара:

- Күн аайы үөрэнэрбитигэр хойутаабакка кэлиэхпит /Андаҕайабыт/

- Уруокка болҕомтолоохтук уонна мэниктээбэккэ олорон үөрэниэхпит /Андаҕайабыт/

- Өйдөөх уонна үөрэхтээх буолар инниттэн ааҕа уонна суруйа үөрэниэхпит /Андаҕайабыт/

- Учебниктарбытын, тэтэрээттэрбитин куруутун ыраастык тутуохпут /Андаҕайабыт/

- Эрэллээх, үчүгэй доҕор буолар инниттэн бэйэ бэйэбитигэр мэлдьитин көмөлөһүөхпүт.

- Мэлдьитин чэбэрдик, ыраастык таҥна – симэнэ сылдьыахпыт /Андаҕайабыт/

Учуутал: Эһиги детсадка сылдьан элбэҕи билбиккит уонна сатыыгыт. Билигин бастакы оскуолатааҕы экзамены туттарыаххыт. Бары сатаан туттарыаххыт диэн эрэллээхпин. Үчүгэйдик өйдөөҥ эрэ, киһи баҕа санаатын толорор аптаах сибэкки хас эминньэхтээх этэй? (7) Саамай сөп, сэттэ эминньэхтээх. Аата да «Цветик – семицветик» диэн. Дьэ бу сибэкки 7 эминньэҕэр эһиэхэ сорудахтар бааллар.

ҕолор сибэккигэ кэлэн биирдии эминньэҕи «туураллар»/

1. Остуоруйаларга экзамен. Бу ханнык остуоруйаттан ылыллыбыт тылларый:

«Оҕонньордоох эмээхсинтэн куоппутум,

Эйигиттэн куобахтан куотар уустук буолбатах»? /Колобок/


2. Хоһоону ааҕан иһитиннэриҥ: Ким билэрий хоһоону ? Ханнык баҕарар хоһоону этиэххитин сөп. Детсадка элбэх хоһоону үөрэппиккит буолуо.

3. Таабырыны таайын:

«Үрбэт даҕаны, ытырбат даҕаны

Дьиэҕэ киллэрбэт баар уһу» үлүүс/


4. Математика экзамена.

Дуоскаҕа 7 үөрэнээччи тахсар, кинилэргэ сыыппаралаах карточкалар туҥэтиллэллэр: чыыһылалар кыччаан иһэр бэрээдэктэринэн туруохтаахтар.


5. Болҕомтолоох буолууга экзамен.

Дуоскаҕа предметтэр ойуулара ыйанар. Оҕолор харахтарын симпиттэрин кэннэ 1 предметы ылан баран ыйытыы: Туох уларыйда?


6. Бу Мальвина кыыс уонна Айаал диэн уол эһиги курдук оскуолаҕа баран эрэллэр.

Айаал суумкатыгар тугу-тугу уктан кэлбитин билиэххитин баҕараҕыт да?

Билиэххитин баҕарар буоллаххытына таабырын таайыҥ эрэ:

  • Туттаххына – таас!

Тыаһа – тас-тас!

Айахха уктахха батас

Ааттаах минньигэс ас (таас кэмпиэт)

  • Киһини барытын таҥыннарар да, бэйэтэ сыгынньах баар үһү. (иннэ)

  • Арыйдарбын эрэ ааҕабын, туттарбын эрэ туһанабын (кинигэ)

  • Мас ырбаахы сылдьыбыт сирэ хараарар (харандаас)

  • Сир анныгар кыһыл бөтүүк сытар уһу (моркуоп)

  • Икки уһуктаах, икки төгүрүктээх, ортотугар тоҕоһолоох баар үһү. (кыптыый)

Айаал бу тэриллэри барытын оскуолаҕа илдьэ барар да?

Дьиэтигэр тугу хаалларыан нааданый?


7. Оттон билигин оскуола5а наадалаах тэрили эттэхпинэ ытыскытын таһынаҕыт, наадата суох тэрили эттэхпинэ атаххытынан тэбиэлэнэҕит. Оонньуубут?


Тэтэрээттэр уонна учебниктар

Оонньуур кутуйах

Собуоттанар паровоз

Өҥнөөх пластилин

Краска уонна кисточка

Саҥа дьыллааҕы маска

Закладка уонна сотор резинка

Расписание, дневник

- Оскуолаҕа барарга бэлэммит? (бэлэммит!)


- Маладьыастар! Детсадка сылдьан нууччалыы хоһооннору үөрэтээччигит дуо? Сөп, билигин бары бииргэ биир киһи курдук мин кэннибиттэн хатылаан иһиҥ…


ПРИШЛИ МЫ В ШКОЛУ ДРУЖНО.

ВСЕ ВМЕСТЕ КАК ОДИН.

УЗНАТЬ НАМ МНОГО НУЖНО.

УЧИТЬСЯ МЫ ХОТИМ.


Учуутал: Маладьыастар, оҕолоор, эһиги I кылааска киирэр экзаменнаргытын ситиһиилээхтик туттардыгыт, бүгүҥҥүттэн ыла эһиги дьиҥнээх үөрэнээччи аатын ыллыгыт. Аны билигин төрөппүттэрбит экзамен туттарыахтара.

Тереппуттэргэ (10 киһиэхэ) этиилэр суруллубут илиистэрэ бэриллэр. Сорох илиискэ этии саҕаланыыта, сороххо - бүтүүтэ суруллубуттар. Сөптөөх гына этиилэри хомуйуохтааххыт.

- Оҕолорбутун сарсыарда туруоран, аһатан…. оскуолаҕа хойутаппакка ыытыахпыт.

- Таҥастара – саптара өрүү … ыраас буоларын ирдиэхпит.

- Кылаас, оскуола ыытар тэрээһиннэригэр…. мэлдьитин активнайдык кыттыахпыт.

- Оҕолорбут үөрэнэр кылаастарын өрөмүөнүгэр … сыл аайы көмөлөһүөхпүт .

- Учууталлары кытта … биир тылы булуохпут.

Учуутал: Эһиги төрөппүттэргит маладьыастар! Этиилэри сөпкө оҥордулар. Бу мээнэ этиилэр буолбатахтар, бу төрөппүттэр андаҕардара. Мин биирдии этиинэн аахтаҕым аайы төрөппүттэр «андаҕайабыт» диэн иһиэхтээххит.

/Учуутал этиилэри ааҕар, төрөппүттэр хас этии кэнниттэн аайы «андаҕайабыт» дииллэр/

Учуутал: Убаастабыллаах төрөппүттэр, бу андаҕаргытын 4 сылы быһа умнубакка саныы сылдьыахтааххыт.

- Үөрэнээччилэр андаҕар биэрдилэр, төрөппүттэр эмиэ. Аны мин, учууталгыт, биэрэрим хаалла. Мин андаҕарым маннык ис хоһоонноох:

Андаҕайабын:

Эһиги оҕолоргут элбэҕи билэллэрин курдук үөрэтиэм.

Үөрэнээччилэрбин буруйа суох мөҕүөм суоҕа.

Барыларын биир тэҥник тутуом.

Барыларын ааҕарга, суруйарга үөрэтиэм.

Иллээх-эйэлээх буолалларын ситиһиэм.


Учуутал: Күндү оҕолор, убаастабыллаах төрөппүттэр, ыалдьыттар, барыгытыгар бүгүн биһиги маҥнайгы уруокпутугар кэлэн кыттыыны ылбыккытыгар махтанабын. Манан Билии күнүгэр аналлаах кылааспыт чааһа түмүктэнэр. Бүгүҥҥү эрэ күҥҥэ. Сарсыҥҥыттан оҕолорбун кытта билии киэҥ эйгэтигэр айаммытын салҕыахпыт. Бу бүгүҥҥү бырааһынньык эһиэхэ эрэ буолбакка дьиэ кэргэҥҥэ эмиэ буолар. Күндү төрөппүттэри өссө биирдэ оҕолоргут маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэрэ буолбуттарынан эҕэрдэлиибин. Оҕолоргут үөрэнэр кэмнэрэ кинилэргэ да, эһиэхэ да элбэх үөрүүнү-көтүүнү, ситиһиини аҕаллыннар. Аныгыс көрсүөххэ диэри!




Получите свидетельство о публикации сразу после загрузки работы



Получите бесплатно свидетельство о публикации сразу после добавления разработки


Серия олимпиад «Зима 2025»



Комплекты учителю



Качественные видеоуроки, тесты и практикумы для вашей удобной работы

Подробнее

Вебинары для учителей



Бесплатное участие и возможность получить свидетельство об участии в вебинаре.


Подробнее