«Зима 2025»

Өбүгэ оонньуулара

«Өбүгэ оонньуулара» күрэх тутула.

Сыала:

Өбугэ үгүс оонньуута билигин умнуллубут. Сахалар толкуйдаабыт мындыр оонньуулара оҕо толкуйдуур, хамсанар дьоҕурун сайыннарар. Ол иһин, бу оонньуулары сөргүтэн, оҕолорго, ыччаттарга үөрэтэн, өйдөрүн сайыннаран, өрүүтүн иллэҥ кэмҥэ оонньуур кыахтаналларын ситиһии.

Соруга:

  • Саха оҕото бэйэтин өбүгэлэрин оонньуутун билэригэр туруулаһыы.
  • Төрөппүт оҕотун кытта иллэҥ кэмин атаарарын ситиһии.
  • Оонньуу көмөтүнэн дьиэ кэргэни түмүү, биир дьарыктаах буолалларын ситиһии.
Олимпиады: Викторина "Родная речь моя, я так горжусь тобой" 1 - 11 классы

Содержимое разработки

МБОУ «Диринская СОШ «АГРО» им. И. Е. Федосеева-Доосо»

МР «Чурапчинский улус (район)»































Методическая разработка спортивного мероприятия

«Өбүгэ оонньуулара»

для учащихся начальных классов и их родителей






















Кузьмина Варвара Васильевна – учитель физической культуры








Диринг

  1. Методическое обоснование темы.

В современном мире, большую роль в воспитании ребенка оказывает семья. Семейные ценности, традиции передаются из поколения в поколение через родителей.

А если в педагогическом процессе систематически использовать якутские национальные игры, то у детей развиваются физические качества, потребность в здоровом образе жизни, так как с помощью национальных игр можно формировать развитие таких качеств как: ловкость, настойчивость, выносливость, сила.

В настоящее время, перед родителями и педагогами стоит задача воспитания здорового ребенка. Для этого стоит учитывать индивидуальные особенности психического и физического развития ребенка.


  1. Методические рекомендации по проведению мероприятия.


Мероприятие проводится с учетом возрастных особенностей учащихся. Данное мероприятие проводится в виде конкурса команд из родителей и детей. Игры предков особенно важны для детей. Так как эти игры играют большую роль в физическом, психическом развитии ребенка, и в сплочении семьи.

Каждый ученик и его родитель соревнуются с другой командой в играх народов Якутии.

При проведении конкурсных этапов рекомендуется приготовить место проведения в виде станций в одном большом помещении.

  1. Сценарий проведения мероприятя.

«Өбүгэ оонньуулара» күрэх тутула.

Сыала:

Өбугэ үгүс оонньуута билигин умнуллубут. Сахалар толкуйдаабыт мындыр оонньуулара оҕо толкуйдуур, хамсанар дьоҕурун сайыннарар. Ол иһин, бу оонньуулары сөргүтэн, оҕолорго, ыччаттарга үөрэтэн, өйдөрүн сайыннаран, өрүүтүн иллэҥ кэмҥэ оонньуур кыахтаналларын ситиһии.

Соруга:

  • Саха оҕото бэйэтин өбүгэлэрин оонньуутун билэригэр туруулаһыы.

  • Төрөппүт оҕотун кытта иллэҥ кэмин атаарарын ситиһии.

  • Оонньуу көмөтүнэн дьиэ кэргэни түмүү, биир дьарыктаах буолалларын ситиһии.


Тэрээһин чааһа:

Саха дьоно былыр-былыргыттан иллэҥ кэмнэрин оонньоон-көрүлээн атааралларын сөбүлүүллэр. Кыһыммыт кылгас күннээх, уһун түүннээх буолан, күнү-дьылы кылгатаары, түүн хойукка диэри оонньуу арааһын тэрийэллэрэ. Ордук ыраахтан хоноһо кэлэн хонноҕуна, оһоххо сыалаах эт дыргыччы буһан, остуолга хоторуллуннаҕына, ирэ-хоро кэпсэтэ-кэпсэтэ, аһаан-сиэн бүтэн баран, араас үһүйээннэри кэпсэтэн, өбүгэлэрин оонньууларын санаһар эбиттэр.

Үтүө күнүнэн күндү бүгүҥҥү «Өбүгэ оонньуулара күрэх кыттааччылара, дьүүллүүр сүбэ уонна көрөөччүлэр»!

(Хамаандалары билиһиннэрии).

Күрэхтэһии сүрүн чааһа:

  1. Маҥнайгы күрэхтэһиибит ХАБЫЛЫК буолар.

Хабылык XVI үйэҕэ өбүгэлэрбит киэһээ аайы алаастарынан бэйэ – бэйэлэрин ыҥырсан оонньууллара. Хабылык хабарга үксүгэр икки буолан, ардыгар элбэх буолан ооньууллар. Хабааччы хабылыгы барытын биир ытыһыгар сааһылаан мунньар уонна сэрэнэн үөһээ өрө быраҕар, хабылык остуолга түһүөн иннинэ илиитин көхсүн тоһуйан биэрэр. Илии көхсугэр хас хабылык баарынан эмиэ үөһээ быраҕан баран, түһүүтүгэр ытыһынан хабан ылар. Хаппыт хабылыгын остуолга иккилии быраҕар, паарата суох хабылыгы ылар. Элбэх хабылыктаах киһи кыайар.

  1. Иккис күрэхтэһиибит ТЫКСААН.

Тыксаан оонньууга талаҕы ортотунан аҥардаан, уһуна 2см гына оҥоһуллубут фишкалар наадалар. Биир фишка бэлиэлээх буолар. Фишкалары остуолга быраҕабыт. Биир бэлиэлээх фишканан атын фишкалары тарбахпытынан тыгабыт. Хаһан сыыһыаххар диэри таба-таба бара тураҕын. Ким элбэх фишкалаах кыайар. Сыыһа таппыт киһи уочараттан туораан иһэр.

  1. Үсүһүнэн бары бэркэ билэр, сатыыр оонньуубут ХААМЫСКА.

Хаамыска XVII үйэҕэ нууччалар аҕалбыттар. Өрүс кыра таастарынан оонньууллар эбит. Ол иһин “камушки” диэн ааттан тахсыбыт. Хаамысканы биир өттө 1,5 см кубик мастан оҥоһуллар. Ахсаана 5 буолуохтаах. Оонньууга 4-5 киһи кыттыан сөп. Биир хаамыска кэрдиистээх, ол баһылык буолар. Ыытааччы хаамысканы үөһээ быраҕар. Оонньооччу дьон хабан ылыахтаахтар. Кимиэхэ баһылык тубэспит ол саҕалыыр. Бастакы оонньооччу биэс хаамысканы уҥа илиитигэр ылан биирин үөһэ, түөрдүн остуолга ыһа быраҕаат, үөһэ бырахпыт хаамыскатын хабар. Онтон биир хаамысканы үөһээ быраҕар, атыттары хамсаппакка эрэ остуолтан биири ылаат үөһэ бырахпытын хабар. Хаалбыттарын биирдиилээн остуолтан хомуйар, бырахпыт хаамыскатын олорго холбуу уҥа ытыһыгар хабан иһэр. Итинник биир хаамысканы үөһэ быраҕа - быраҕа, атыттары ыһа быраҕаат – иккиҕигэр остуолтан иккини биирдэ, үсүһүгэр – бастаан биири, онтон үһү биирдэ, тордүһүгэр – түөрдү бииргэ холбуу хабар, бэсиһигэр-биирдии хаамысканы остуолга субуруччу уурар. Онтон барыларын биирдэ сотон ылар. Ити курдук бара турар.

  1. Төрдүс түһүмэх БЫАНЫ ЭРИЙИИ.

Бу оонньууга икки киһи утарыта тураллар. Икки өттүгэр мастаах быалаахтар. Хамаанда бэрилиннэҕинэ быаларын мастарыгар эрийэллэр. Ким тургэнник ортотугар баар мээрэйи ааспыт киһи кыайар.



Түмүк:

Манан биһиги күрэхпит түмүктэнэр. Түмүгү дьүүллүүр сүбэ быһаарыа. Өбүгэлэрбит оонньообут оонньууларын өрүү илдьэ сылдьан, ыһыктыбакка оонньуохха. Доруобай буолуохха, үүнүөххэ сайдыахха!














































Өбүгэ оонньуулара күрэхтэһии балаһыанньата

Сыала:

Өбугэ үгүс оонньуута билигин умнуллубут. Сахалар толкуйдаабыт мындыр оонньуулара оҕо толкуйдуур, хамсанар дьоҕурун сайыннарар. Ол иһин, бу оонньуулары сөргүтэн, оҕолорго, ыччаттарга үөрэтэн, өйдөрүн сайннаран, өрүүтүн иллэҥ кэмҥэ оонньуур кыахтаналларын ситиһии.

Соруга:

Саха оҕото бэйэтин өбүгэлэрин оонньуутун билэригэр туруулаһыы.

Төрөппүт оҕотун кытта иллэҥ кэмин атаарарын ситиһии.

Оонньуу көмөтүнэн дьиэ кэргэни түмүү, биир дьарыктаах буолалларын ситиһии.

Тэрийээччилэр:

Физкультурнай МО, воспитательнай отдел.

Кыттааччылар:

Алын кылаас оҕото уонна кини төрөппүттэрэ биир хамаанда тэринэллэр.

Күрэх көрүҥнэрэ:

  1. Хабылык

  2. Хаамыска

  3. Тыксаан

  4. Быаны эрийии

Ирдэнэр:

Хамаанда, аата, девиз уонна анал таҥас.


Получите свидетельство о публикации сразу после загрузки работы



Получите бесплатно свидетельство о публикации сразу после добавления разработки


Серия олимпиад «Зима 2025»



Комплекты учителю



Качественные видеоуроки, тесты и практикумы для вашей удобной работы

Подробнее

Вебинары для учителей



Бесплатное участие и возможность получить свидетельство об участии в вебинаре.


Подробнее